Аккорды: Em C Am H7
......Em..................C................
Айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын
.......Am...................H7..............
Бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим,
Кэрэни-үөрүүнү бэлэхтиир баҕаттан
Бу ырыам тылларын эhиэхэ аныыбын.
хос ырыата:
.........Em.......................C..................
Ханна да,ханна да буолларбын ыллыаҕым,
...............Am.....................H7.............
Мин тыыннаах тылларбын эhиэхэ аныаҕым.
Ыллыаҕым ырыабар сүүрүктээх үрэҕи,
Туойуоҕум тойукпар толомон хонууну,
Yрдүк таас хайаны,халыҥ тыа ойууру,
Ханнык да дьыл кэмэр сүрэхтэн иэйэммин.
Бэлэхтиэм эhиэхэ ып-ыраас тапталы,
Сүрэхтэн кутуллар бу тыыннаах тыллары.
Бэлэхтиэм эhиэхэ кырдьыгы хоhуйан,
Олоххо кэрэни,үтүөнү баҕаран.
(Второй вариант)
Am F Dm E
|